Directory

Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Сүрүн сирэй

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
(Мантан: Main Page көстө)

Ыстатыйаны саҕалыырга көмөлөһөр Сирдьит баар. Сигэтин аллара маннык кинигэ ойуутун таһыгар булуоҥ nothumb.

Сахалыы буукубалар браузергар тахсыбат буоллахтарына маны баттаа

Бикипиэдьийэ — бу элбэх омук тылынан суруллар аһаҕас энциклопедия
Манна ким баҕалаах талбыт ыстатыйатын уларытар эбэтэр саҥа ыстатыйаны суруйар кыахтаах. Билигин Бикипиэдьийэҕэ 17268 сахалыы, уонна атын 330 омук тылынан өссө 63 мөлүйүөнтэн тахса ыстатыйа баар.

nothumb
nothumb
Энциклопедия сахалыы ыстатыйалара

Категорияларынан бөлөхтөөһүн — Алпаабытынан сааһылааһын — Саҥа ыстатыйаны Сирдьит көмөтүнэн суруйуу

  
nothumb
nothumb
Бикипиэдьийэ туһунан

Бастаан маны аах — Ыйытыылар (Стол вопросов) — Кэпсэтэр сир — Суруйуу сиэрэ

Саргы-дьаалы Сахам тыла,
Айхал-алгыс Сахам тыла,
Уруй олук Сахам тыла,
Кун бэлэҕэ Сахам тыла,
Эйигин мин ыҥырыаҕым,
«Ийээ!» диэммин хаһыытыаҕым.
Тоҕойдору туораан ис,
Арҕастары ааһан ис,
Саргы дьайаан Сахам тыла,
Сарыал санаа — Сахам тыла!
Саха народнай суруйааччыта
Бүөтүр Тобуруокап
  
Бырайыак кылгас устуоруйата маннык — бастаан 2006 сыл бүтэһигэр: бу тугуй, тоҕо атын омуктарга баарый, биһиэхэ суоҕуй, — диэн ыйытыылар кэнниттэн: арай?, тоҕо сатаныа суоҕай? — диэн саарабыл кэнниттэн: ээ, чэ холонон көрүөххэ, — диэнтэн тахсыбыт суол.

Кыттар дьон араас идэлээх, араас дойдуга олорор, саастарынан эмиэ тэҥэ суох дьон.

Биһиги санаабытыгар дьон элбэхтик кытыннаҕына, бэрт эбит диэн биһирээтэҕинэ, сүрдээх, кэскиллээх буолар туруктаах бырайыак. Күн-түүн көннөрү дьон көмөтүнэн ис хоһооно да тупса, ыстатыйатын ахсаана да элбии турар.

Ахсынньы 27 күнэ

Түбэлтэлэр

  • 537 — Константинопольга (билигин Стамбул) баараҕай улахан саҥа София собуорун арыйар туом оҥоһуллубут.
  • 1512Испания ыраахтааҕыта Бургос сокуоннара диэн ааттаммыт сокуоннары таһааран, Америкаҕа олохсуйа тиийбит испанецтар төрүт олохтоохтору кытта хайдах сыһыаннаһыахтаахтарын ыйар-кэрдэр, ирдиир буолбут.
  • 1825 с. ахсынньы 27 күнүгэр Николай I ыраахтааҕы ыйааҕынан Саха уобалаһыгар Николай Мягков начаалынньыгынан анаммыт. Бу киһи саха тойотторун кытта өйдөһөн үлэлээбитэ, Саха сирин сайдыытыгар элбэх үтүөнү оҥорбута.
  • 1831 — Чарльз Дарвин «Бигль» хараабылга олорон Эволюция түөрүйэтин айбыт айанын саҕалаабыт.
  • 1845 — дьахтар төрүүрүгэр аан бастаан эфиры анестетик быһыытынан Кроуфорд Лонг диэн быраас Джефферсон куоракка (Джорджия штаат, АХШ) туттубут.
  • 1918 — Германияҕа Позен (Познань) диэн сиргэ поляктар бастаанньалара саҕаламмыт.
  • 1922I Бүтүн Саха сиринээҕи сэбиэттэр учредительнай сийиэстэрэ саҕаламмыт, тохсунньу 19 күнүгэр түмүктэммит. Сийиэскэ Саха АССР судаарыстыбаннай былааһын үрдүкү уорганнарын төрүттээбиттэрэ. Саха АССР Толоруулаах киин кэмитиэтэ (ЯЦИК) талыллыбыт, бу өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүкү былааһы туппут парламент, кини оннугар 1938 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтэ тэриллибитэ, онтон 1992 сыллаахха — Ил Түмэн. Толоруулаах киин кэмитиэт бэрэстээтэлинэн Былатыан Ойуунускай талыллыбыт, кини солбуйааччыта — Алексей Широких. Ону кытары Саха АССР бырабыыталыстыбата тэриллибит, бэрэстээтэлэ — Исидор Барахов, кини солбуйааччыта — Семен Донской-1.
  • 1929 — Иосиф Сталин кулаактары «кылаас быһыытынан эһэр» туһунан тыл эппит. Бу бэлиитикэни толорон 1930-1931 сылларга 1,8 мөл. киһи социализм өстөөҕө аатыран күүһүнэн көскө ыытыллыбыта. Кулаактааһын уонна тэҥҥэ ыытыллыбыт коллективизация судаарыстыба сири баһылыырын, тыа хаһаайыстыбатын хонтуруолга ылыыны хааччыйбыттара, куоракка үлэһит илиини элбэппиттэрэ.
  • 1932ССРС-ка пааспар баар буолбут. Бу иннинэ кыраныысса таһыгар үлэлиир эрэ гражданнар пааспардаах этилэр (холобур, Маяковскай 1929 с. хоһоонугар ол пааспар этиллэр).
  • 1938 — ССРС-ка Социалистыы Үлэ Дьоруойа диэн ытык аат олохтоммут. Бу инннинэ Үлэ Дьоруойа диэн сыбаанньа баар этэ.
  • 1941 — билиэнтэн босхоломмут Кыһыл Аармыйа сулууспалаахтарыгар анаан сүүмэрдиир лааҕырдары оҥорор, кинилэр истэриттэн үспүйүөннэри уонна дезертиирдэри булар туһунан № 1069сс нүөмэрдээх ГКО уурааҕа тахсыбыт.
  • 1949Нидерланд Индонезия тутулуга суоҕун билиммит.
  • 1978Испанияҕа саҥа конституция олоххо киирэн Франсиско Франко диктатурата тохтообут.
  • 1979ССРС спецнааһа Афганистааҥҥа бэрэсидьиэн дыбарыаһыгар саба түспүт. Бу түмүгэр Афганистаан иккис бэрэсидьиэнэ Хавизулла Амин өлбүт, ол кэннэ олорбут икки бэрэсидьиэни аан дойду элбэх судаарыстыбалара ССРС марионеткаларынан ааҕаллар этэ.
  • 1990Саха судаарыстыбаннай университета (билигин ХИФУ) Максим Аммосов аатын сүкпүт.
  • 1991Михаил Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнин дуоһунаһыгар киирбит, сахалыы уонна нууччалыы андаҕар биэрбит.
  • 2007Пакистаан урукку премьер-миниистирин, быыбарга кытта сылдьар Беназир Бхуттоны миитин кэмигэр саба түһэн ытан өлөрбүттэр.
  • 2011 — "Саха сирин саҥалыы сайдыытыгар уопсастыба ис кыаҕа" (Духовный потенциал общества в инновационном развитии Якутии) диэн ааттаах уопсастыбаннас форумун түмүктүүр мунньаҕа буолбут. Саха сирин омуктарын духуобунай сыаннастарын декларацията ылыныллыбыт.

Төрөөбүттэр

  • 1822Луи Пастер (28.09.1895 өлб.) — аныгы вакцинация олугун уурбут Франция микробиолога уонна химигэ.
  • 1908 — Георгий Васильев (23.09.1981 өлб.) — литературовед, кириитик, тылбаасчыт, тыл үөрэҕин хандьыдаата.
  • 1919 — Николай Антонов (04.01.2002 өлб.) — саха былыргы лиэксикэтин чинчийбит биллиилээх тюрколог, филология билимин дуоктара, профессор,
  • 1922 — Өлүөхүмэ Ииннээҕэр Ариан Кузьмин (06.06.1996 өлб.) — космос сардаҥаларын үөрэппит физик-учуонай, билим салайааччыта, СГУ ректора, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа.
  • 1977 — Жанна Бурцева — нууччалыы тыллаах саха литэрэтиирэтин чинчийэр учуонай, филология билимин хандьыдаата.

Өлбүттэр

  • 683Гаоцзун ыраахтааҕы, Тан династияны төрүттээбит киһи (628 төр.)
  • 1938Осип Мандельштам (1891 төр.), XX үйэ нуучча бөдөҥ бэйиэттэриттэн биирдэстэрэ, тылбаасчыт уонна литэрэтиирэ кириитигэ. Былааһы утарда диэн буруйданан хаайыыга угуллубута, Владивостокка Дальстрой пересыльнай лааҕырыгар өлбүтэ.

Телеграм-ханаалбытыгар суруттаххына биһиги да үөрүөхпүт, бэйэҥ да астыныаҥ ;)

Билэҕин дуо…

Соторутааҥы ыстатыйалар

Ааҕыҥ, көннөрүҥ

Бу күннэрдээҕи уларыйыылар — ким тугу суруйбутун көрүөххэ сөп.

Бу саҥа ыстатыйалар, онон өссө чочулла илик буолуохтарын сөп. Алҕастаах буоллахтарына харса суох көннөрүҥ.

    

Бүгүҥҥү ойуу

Берхтесгаден Альпаларыгар баар Зеехорнзее. Уҥа өттүгэр Сихорҥҥа барар үгэс буолбут суол

Үчүгэй (сэргэммит) ыстатыйа

Кыталык (Grus leucogeranus) — сэдэх көтөр, туруйа көрүҥэр киирэр.

Кыталыктар (Grus leucogeranus)

1 м 40 см үрдүк кыталык ыйааһына 6 киилэ буолар. Атыырын ыйааһына тыһытынааҕар ыарахан. Кыталык дьүһүнэ кылбаа маҥан, сирэйэ түүтэ суох, уот кыһыл. Атахтара кытархайдар. Кынатын төбөтө харалаах. Кыталык оҕото төбөтө, кэтэҕэ кытархай кугас, атын түүтэ сырдык кугас. Сымыыттан тахсарыгар хараҕа халлаан күөҕэ өҥнөөх, алта ыйыгар араҕас буолар.

Аан дойду кыталыга үс популяциялаах: илиҥҥи, киин уонна арҕаа. Кыталык илиҥҥи популяцията Саха сиригэр Халыма намталыгар сайылыыр, кыстыыр сирэ — Янцзы өрүс орто тардыыта, Кытай соҕуруулуу-илин өттө.

(өссө…)

Бастыҥ ыстатыйа

Яков Федорович Санников (1844—1908) — өбүгэлэрин үгэстэрин тутуһан нуучча уонна омук полярниктарыгар сүҥкэн улахан үтүөнү-өҥөнү оҥорбут саха атыыһыта. Кини суон сураҕа Муустаах байҕал кытыытынан эрэ буолбакка, бүтүн Россия үрдүнэн биллибит. Булуҥҥа былыр «халлааҥҥа таҥара, биһиэхэ Яков Санников» дииллэр эбит. 1886 сыллаахха доктор Бунге экспедициятыгар көмөлөспүт. 1894 сыллаахха барон Толль Ф.Нансеҥҥа депо тутарыгар көмөлөспүт. Ол өҥөлөрүн иһин икки кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт (онтон биирин Швеция ыраахтааҕыта Оскар биэрбит).

(өссө…)

Көмүөл күүһэ

Бүгүн бу ыстатыйалары тупсарабыт, тылбаастыыбыт:

Амма улууһа — Бастыҥ ыстатыйаҕа хандьыдаат

Ыстатыйаны уларытыы киинэ курдук көстүүтэ: Көмө:1-кы уруок

Ыҥырыы

Хаһыаттарга, сурунаалларга, атын да сирдэргэ Бикипиэдьийэни ахтыбыт буоллахтарына биһиги үөрэбит. Тоҕото өйдөнөр — ол аата үлэбит си-дьүгээр хаалбатын, дьоҥҥо туһалааҕын бэлиэтэ. Ити бастакытынан. Иккиһинэн — төһөнөн элбэх киһи билэр да, оччонон элбэх киһи кыттар. Онон күннүккүтүгэр (блогкутугар) кэмиттэн кэмигэр ахтар буолуҥ, элбэх дьоҥҥо туһаайан суруйар дуу этэр дуу буоллаххытына эмиэ бикипиэдьийэни кыбытар буолуҥ. Манна оннук ахтыллыбыт түгэннэр испииһэктэрэ баар.

Саҥа ыстатыйаны эбиэххэ

200 000+ Ааҥыл (English) · Испаан (Español) · Италия (Italiano) · Ниэмэс (Deutsch) · Нидерлаан (Nederlands) · Поляк (Polski) · Португаал (Português) · Нуучча (Русский) · Француз (Français) · Швед (Svenska) · Дьоппуон (日本語)
100 000+ Арааб (العربية) · Волапюк (Volapük) · Каталон (Català) · Кытай (中文) · Норвежскай (Norsk) · Румыын (Română) · Туурок (Türkçe) · Украин (Українська) · Фиин (Suomi) · Чех (Čeština) · Эсперанто (Esperanto)
50 000+ Болгаар (Български) · Мадьаар (Magyar) · Дания (Dansk) · Иврит (עברית) · Индонезия (Bahasa Indonesia) · Кэриэй (한국어) · Литовскай (Lietuvių) · Серб (Српски) · Словаак (Slovenčina) · Словен (Slovenščina)
20 000+ Баск (Euskara) · Бишнуприя-манипури (ইমার ঠার/বিষ্ণুপ্রিয়া মণিপুরী) · Босния (Bosanski) · Вьетнам (Tiếng Việt) · Галисийскай (Galego) · Гириэк (Ελληνικά) · Грузиин (ქართული) · Малаай (Bahasa Melayu) · Неварскай (नेपालभाषा) · Норвегия-Нюнорск (Nynorsk) · Персия (فارسی) · Себуан (Sinugboanong) · Таай (ไทย) · Телугу (తెలుగు) · Судургу ааҥыл (Simple English) · Хорваат (Hrvatski) · Эстон (Eesti)
Түүр тыллара АзербайджанАлтаайБашкиирГагаузКазаахКаракалпаакХарачай-БалкаарКыргыысКырыым татаарСоҕуруу азербайджааннар тыллараТатаарТуркменТууракУзбекУйгуурЧувааш

Бары тыллар · Multilingual coordination · Бикипиэдьийэ саҥа тылынан · Саҥа сайдан эрэр салаалары өйөөһүн

 

Уруулуу ситимнэр

Wikimedia Пуондата элбэх омук тылынан тахсар, көҥүл уларытыллар уонна туһаныллар хас да тус-туһунан бырайыактардаах:

Биики Тылдьыт
Тылдьыт уонна тезаурус
Wikibooks
Үөрэх кинигэлэрэ
уонна ыйыылар-кэрдиилэр
Биики Сонун
Сонуннар
Сахалыы бикитиэкэ
Айымньылар
Биики Домох
Бэргэн этиилэр, сытааталар
Биики Хааһах
Ойуулар, уонна да атын медиа-билэлэр
  Meta-Wiki
Бикимиэдьийэ пуондатын ситим-сирэ
Бикибэрситиэт
Көҥүл-босхо үөрэхтээһин матырыйааллара
 
Киирэн көрүҥ, сорох бырайыактар нууччалыы барыллардаахтар, холобур Викиновости эбэтэр Викицитатник